22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыһыҥҥы суол арыллан, Эбээн Бытантайга бастакы бородуукталаах массыыналар тиийдилэр

13:12, 30 декабря 2021
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арктическай улуустарга бородуукта муус устар ыйтан ахсынньыга диэри салгын эрэ суолунан тиийэр.  Логистиката уустук буолан, сыаната олус ыарахан буолар.  Бородууксуйа бэйэҕэ турар сыанатыгар ыйааһынын, ону тэҥэ урбаанньыт барыыһырар харчыта эбиллэн нэһилиэнньэҕэ атыыга тахсар.

Ахсынньы ый тиһэх күннэригэр, үгэс быһыытынан, кыһыҥҥы суол арыллан, аан бастакы массыыналар айанныыллар. Ыйааһынын харчыта кыра буолан, аны сааскыга диэри маҕаһыыннарга  сыана намтааһына барыахтаах.

Дьон бары саҥа дьыллааҕы остуолу тэрийээһин сүпсүлгэнигэр сылдьаллар. Түгэһиир нэһилиэгэр 7 маҕаһыыҥҥа хорсун суоппардар Дьокуускайтан ортотунан 4-5 хонук айаннаан, тиийбиттэр.

Түргэнник буортуйар аһылыгы кыратык да тоҥорбоххо, сытыппахха сибиэһэй сымыыт, фрукта, оҕуруот аһын эгэлгэтин илдьибиттэр.

Бытантай уоттара эрэдээксийэтэ  саҥа дьыллааҕы ас корзинатын оҥорон «Кариана», «Мария», «Ева», «Тотас», «Аартык», «Удачный», «Ананий» маҕаһыыннарыгар сыаналары кэтээн көрбүттэр.

Ол курдук, биир ячейка сымыыт 510-600 солкуобайга диэри.

Мандарин киилэтигэр 270 — 350 солкуобайга турар.

Сибиэһэй оҕурсуу, помидор 300-380 солкуобай.

Лук 60- 90 солк.

Горох биир банката 80-тан — 200 солкуобайга диэри.

Хортуоска 80-95 солкуобайга диэри.

Ол курдук, быһа холоон, дьон 8 тыһынчаҕа саҥа дьыллааҕы остуолларын астарын атыылаһаллар эбит. Кырата 6т. саҕалаан 11-13 тыһынчаҕа диэри ыллыбыт диэн санааларын үллэстэллэр.

Маҥнайгы массыналар буолан, дьон бэлиэтииринэн, сыана улаханнык чэпчээбэтэх.

Бытантай уоттара

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар