6 Ыам ыйа 06.05
  • 12°
  • $ 75,34
  • 88,35

Кэскилгэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуутун бастакы сыбаайата түһэрилиннэ

11:01, 05 апреля 2024
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Томпо улууһун Кэскил сэлиэнньэтигэр 29 кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаланна. Бастакы сыбаайа түһэриллэр күнэ муус устар 4 күнүгэр ыытылынна.

Таас дьиэ «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Ол туһунан «Томпонский вестник» хаһыат суруйда.

«Оройуоҥҥа хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн ыытыллара салҕанан барар. Соторутааҕыта 80-кыбартыыралаах таас дьиэ тутуута Хаандыгаҕа саҕаламмыта. Оройуон киинигэр барыта 4 дьиэ киириэхтээх. Кириэс Халдьаайыга, Ударникка, Арыы-Толооҥҥо, Теплай Ключка уонна Новайга эмиэ дьиэлэр тутуллаллар. Тополинайга икки дьиэ киириэхтээх. Кэскил дьиэтин үлэҕэ 2025 сыл алтынньытыгар киллэриэхпит», — диэтэ Томпо улууһун баһылыга Яков Степанов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА