22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

ИНН-ны "Госуслуги" портал нөҥүө биэриэхтэрин сөп

15:01, 21 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нолуогу төлөөччү тус нүөмэрин (ИНН) «Госуслуги» портал нөҥүө ылыан сөп. Туһааннаах сокуон барылын Госдуума бастакы ааҕыыга ылынна, суруйар «Парламентская газета».

Докумуон ылылыннаҕына, сайабылыанньаны «Госуслуги» порталынан ыытыллар. Онно электроннай илии баттааһына наада буолар. Нолуок уоргана учуокка туруу сибидиэтэлистибэтин  электроннай длокумуон киэбинэн ыытар.

Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин эппитинэн, нолуок учуотугар турууга билигин Федеральнайдааҕы нолуок сулууспатын официальнай саайтыгар сайабылыанньаны ыытыллар. Ити эрээри сибидиэтэлистибэни киһи тус тэрилтэҕэ тиийэн ылара булгуччулаах.

«Нолуок кодексатыгар уларыйыы киирдэҕинэ ыытыллар дьаһаллар бары электроннай киэпкэ көһөрүллүөхтэрэ», — диэтэ парламентарий.

Хаартыска: РБК

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА