Саха киинэлэрэ быйылгы дьылга саҥа рекорд олохтоотулар — 56 мөл солк. Бастыҥ көрдөрүү «Агент Мамбо. Truepac» эдэр ыччат кэмиэдьийэтигэр, режиссера Алексей Амбросьев-кыра. Көрөөччүтүн ахсаана 39 тыһ киһи, каасса хомуура 11 мөл солк. Арыый аҕыйах — Дмитрий Давыдов «Пугало» драмата. Атыттар билигин да эргиири хабаллар, киинэ тыйаатырдарыгар көрдөрүллэллэр. Инфографика дааннайдарын «ЯРК» АНО тиксэрдэ.