21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

inDriver уонна MYTONA бэлэхтээбит ИВЛ аппараттара оройуон балыыһаларыгар кэллилэр

12:00, 16 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оройуон балыыһаларыгар inDriver уонна MYTONA тэрилтэлэр бэлэхтээбит саҥа ИВЛ аппараттара кэллилэр. Бастакыннан аппараттары Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустара туттулар. Бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа ЭКМО аппаратын (экстракорпоральной мембранной оксигенации) күүтэр. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.    


Кулун тутар ый бүтүүтэ inDriver уонна MYTONA хампаанньалар коронавируһунан ыалдьыбыт, ыарахан туруктаах дьону эмтииргэ аналлаах саҥа ИВЛ аппараттары ылыыга диэн, «Харысхал» аһымал пуондатыгар 45 млн солкуобайы түһэрбиттэрэ. Бу харчыга барыта 10 ИВЛ аппаратын ылары быһаарбыттара: икки аппараты Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа, биирдиини Дьокуускай, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба оҕо инфекционнай балыыһаларыгар уонна Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Чурапчы киин балыыһаларыгар. Маны таһынан ыарыһахтарга монитордары, Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа ЭКМО аппараты (экстракорпоральной мембранной оксигенации) уонна да атын медицинаҕа күннэтэ туттуллар маллары ылан тиксэриэхтэрэ.

Бу күннэргэ саҥа ИВЛ аппараттар Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустарыгар турдулар. Аҕыйах хонугунан ЭКМО аппарата (аппарат экстракорпоральной мембранной оксигенации) Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа кэлэрэ күүтүллэр. Пандемия кэннэ аппараттар атын ыарахан ыарыылары эмтииргэ туттуллуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова