29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев үлэ дьонун бырааһынньыгынан эҕэрдэтэ

11:03, 01 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!


Ыам ыйын 1 күнэ – үлэ дьоно биир санааланыыларын, сиэрдээх быһыыны, эппиэтинэстээх буолууну уонна идэҕэ бэриниилээх буолууну көрдөрөр ураты суолталаах, улахан үөрүүлээх, кэтэһиилээх бырааһынньык.

Бу күн мин билиҥҥи ыччакка анаан үлэ бастыҥ үгэстэрин уонна бэйэлэрин уопуттарын харыстаан илдьэ кэлбит аҕам саастаах көлүөнэ дьоммутугар дириҥ ытыктабылбын уонна махталбын тиэрдэбин.

Ыам ыйын 1 күнүнээҕи бырааһынньыкка, бастатан туран, Үлэ киһитин, Үлэ дьонун чиэстиибит. Биллэрин курдук, биһиги Уһук Хоту дойдубутун үлэ дьоно баһылаан олороллор. Ол курдук, тыа сирин үлэһит дьоно, бырамыысыланнас үлэһиттэрэ, араас идэ бэрэстэбиитэллэрэ дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит сайдалларын туһугар күннэтэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр.

Биһиги, бу тыйыс усулуобуйалаах хоту дойду олохтоохторо куруутун бэйэ-бэйэбитигэр хардарыта көмөлөсүһэн уонна кыамматы-түгэммэти өрүһүйэн, харыстаһан олоробут. Маннык үтүө өрүттэрдээх, итиэннэ үлэни таптыыр, өрө тутар уонна эппиэтинэстээх буоламмыт хайа баҕарар уустуктары, кыһалҕалаах кэмнэри этэҥҥэ туоруохпут, кыайыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ үлэ уонна нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин боппуруоһугар, дьон-сэргэ быраабын уонна көҥүлүн олоххо киллэриигэ ураты болҕомтотун уурар. Киһи үлэҕэ конституционнай быраабын хааччыйар туһугар Саха сирин парламена бары кыаллары барытын оҥорор уонна оҥоруоҕа диэн мэктиэлиибин.

Бука барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, сырдыгы, улахан тапталы! Өрүү бэйэҕитин харыстана, чугас дьоҥҥутун харыстыы сылдьыҥ!

Ытыктабылы кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ П.Гоголев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА