Дьокуускайга кэрэхсэбиллээх тэрээһин туризмын сыалай индустрията оҥоһуллар. Туймаада ыһыаҕа биир бастыҥ, бу хайысханы сайыннарар көрүҥүнэн буолар.
Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. Сылын аайы ыһыахха дойду араас регионнарыттан, тас дойдулартан ыалдьыттар кэлэллэр. Регион баһылыга эппитинэн, кэнники сылларга манна кэрэхсэбиллээх тэрээһин туризма сайдар. «Дьокуускайга айылҕатын уратытынан маассабай туризм сайдыбат. Оттон Туймаада ыһыаҕар, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээлгэ уонунан тыһыынча кэлиэн сөп. Бу көрүҥү туристическай хампаанньалар болҕомтоҕо ылыахтарын наада. Бүгүн, холобур, Дьокуускайга кэлэр сөмөлүөттэргэ биир да миэстэ суох», — диэтэ Айсен Николаев.
Икки күн устата Туймаада ыһыаҕар 19 былаһаакканан 110 култуура тэрээһинэ ыытылынна. Быйыл Саха сирин национальнай бырааһынньыгар 230 тыһ киһи кыттыыны ылла, бу — рекорд диэн тэрийээччилэр эттилэр.