Ахсынньы 27 күнүгэр Ил Дархан олохтоох салайыныы Сүбэтин мунньаҕын ыытта. Киирии тылыгар эрэгийиэн баһылыга быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр пандемияны уонна ойуур баһаардарын кытта сибээстээх кытаанах тургутуу сыла буолбутун, ол эрээри бу ыарахаттартан чаҕыйбакка сылы этэҥҥэ түмүктээн эрэрбитин, экономикаҕа, социальнай сайдыыга, бырамыысалыннас салааларыгар көрдөрүү тупсубутун аҕынна. Бүддьүөт туолуута эмиэ үчүгэй көрдөрүүлэммит. Бу барыта кэлэр сыллааҕы үлэҕэ төһүү буолуоҕун эттэ.
2022 сылга өрөспүүбүлүкэ олохтоох бүддьүөттэригэр трансферт үбүн уопсай кээмэйэ былырыыҥҥы сылтан 12% үрдээбит уонна 90,5 млрд солк. тахса суумаҕа тэҥнэһиэҕэ. Маныаха муниципальнай тэриллиилэр ойуччу болҕомтону нэһилиэнньэлээх пууннары ойуур баһаардарыттан көмүскүүр тэрээһин үлэлэрин үбүлээһиҥҥэ, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна айылҕа быһылаанын, араас саахалы туоратыыга, суох оҥорууга анаан резервнэй пуонданы тэрийиигэ ууруохтаахтарын Ил Дархан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Саҥа дьыл уһун өрөбүлүн кэмигэр кыһыҥҥы кэмҥэ уталыйбат үлэлээх бары эбийиэктэр туох да кэһиитэ суох үлэлииллэрин, улахан куораттарга бөҕү-сыыһы кэмигэр таһыыны тэрийэргэ, хамсык ханнык да түгэҥҥэ элбээбэтин ситиһэргэ бары сэрэтиини болҕойорго мунньах кыттыылаахтарын ыҥырда.
Ахсынньы 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга тус кылааттарын киллэрбит 40-тан тахса киһиэхэ — учууталларга, преподавателлэргэ, быраастарга, парашютист- баһаарынайдарга, летчиктэргэ, артыыстарга, учуонайдарга, тутааччыларга, ОДьКХ, тимир суол үлэһиттэригэр РФ уонна СӨ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.
“Араас таһымнаах бэстибээллэргэ Саха сирин ааттаппыт кинематографистарбыт, дойдуларын чиэһин көмүскээн аан дойду, континент уонна Россия таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыайан 92 мэтээли аҕалбыт чемпионнарбыт, аан дойду таһымыгар тахсан “Хоту” научнай-үөрэтэр Киини тирэх оҥостор учуонайдарбыт ситиһиилэрэ — бу биһиги киэн туттуубут”, — диэтэ Айсен Сергеевич.
Ааһан эрэр сылга Саха сирэ Уһук Илин уокуругар бырамыысалыннаска оҥорон таһаарыыга, IT-бородууксуйатыгар бастаата, сүөһүтүн ахсаанын элбэттэ, тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыы кыаҕын көрдөрдө. Национальнай бырайыактар олоххо киириилэрэ түмүктэрдээх буолла. Оскуолалар, уһуйааннар, балыыһалар, култуура дьиэлэрэ, успуорт комплекстар тутуулара эбии тэтимирдэ. 500 км массыына суола, 11 муоста тутулунна, аэропортар хаттаан оҥоһулуннулар. Хаарбах дьиэттэн тыһыынчанан киһи саҥа дьиэлэпгэ көстө, олорор усулуобуйатын тупсарда.
Ахсынньы 28 күнүгэр Роспотребнадзор өрөспүүбүлүкэтээҕи Управлениетын чахчытынан Саха сиригэр коронавируһу утары быһыыны 522 928 киһи ылла. Ол оҕолору аахсыбакка туран, нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын 73 %-гар тэҥнэһэр. Быһыы иккис түһүмэҕин 88 534 киһи ылла. Бу туһунан Ил Дархан ыыппыт суһал ыстаап мунньаҕар иһитиннрдилэр.
«Билигин биһиги бырааһынньык кэмигэр харыстанар, ыарыы өрө турбатын туһугар күөмчүлүүр үлэни тохтотуо суохтаахпыт. Балыыһаларга эми-тому, саппаас куойкалары толору хааччыйыахтаахпыт, сэрэтэр миэрэлэри тутуһууну хонтуруоллуохтаахпыт. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ хамсык хаамыыта намыраата, сууккаҕа 95 киһиэхэ диэри түстэ. Ыараханнык ыалдьааччылар ахсааннара эмиэ аччаата. 10 улууска быһыыны туруоруу 80%-ны аһарда, онтон 10 улууска көрдөрүү 70 %-тан намыһах. Аллайыаха — 98,06%, Аллараа Халыма — 95,5%, Орто Халыма — 93,78% эбит буоллаҕына, Чурапчы оннооҕор 60 %-ҥа тиийэ илигэ дьиксиннэрэр”, — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан коронавирустан быһыыны ылыыга үчүгэй көрдөрүүлээх улуустары бэлиэтииргэ, сыл түмүгүнэн өйөбүл миэрэлэри ылыыга Бырабыыталыстыбаны сорудахтаата. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр быһыыны биэрэр пууннар өрөбүлэ суох үлэлиэхтэрэ.
Ахсынньы 28 күнүгэр «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарын киин балыыһаларыгар КАМаз көлө баазатыгар оҥоһуллубут көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплексы үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Саҥа комплекстар дефибриллятордаахтар, электрокардиографтаах, гемоглобин, саахар уонна холестерин анаалыстарын быһаарар аппарааттардаах. Олор күлүүстэрин Айсен Николаев улуус балыыһаларын кылаабынай быраастарыгар туттартаата. «Чэбдигирии сылын үтүөтэ ити. Киин куораттан ыраах да сиргэ олохтоох дьон көмөнү дойдуларыгар олорон туһанар кыахтаммыттара үөрүүлээх. Онон Чэбдигирии 10 сыла медицина өҥөтүнэн табыгастаахтык туһанарга бастыҥ ньымалары салгыы\ киллэрэн иһиэҕэ. Сотору итинник массыыналары Дьааҥы, Ленскэй уонна Уус Маайа улуустара ылыахтара», — диэтэ Айсен Сергеевич.
Ахсынньы 29 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ харыстабыллаах салайыы кэнсиэпсийэтин оҥорон, судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы бары таһымыгар киллэрэргэ сорудахтаата. «Росатом» корпорация көмөтүнэн «Көдьүүстээх эрэгийиэн» бырагыраама чэрчитинэн олоххо киирэр бырайыактарга министиэристибэлэр уонна тэрилтэлэр салайааччылара кыттыахтаахтарын уонна тус эппиэтинэһи сүгэллэрин туһунан Ил Дархан санатта. 2020 сылга 35 бырайыагы, 2021 сылга 96 бырайыагы 53 тэрилтэҕэ уонна биэдимэстибэҕэ саҕалаабыттар. Табыгастаах ньымалары туттан, бириэмэ уонна үп көдьүүстээхтик туһаныллар, үлэ хаачыстыба тупсар. Эһиилги тыһыынчаттан тахса бырайыактан ураты суолталаахтарынан хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сыыппараны киллэрии, «уһуйаан-оскуола-үрдүк үөрэх-үлэ биэрээччи» тиһиккэ доруобай, харыстабыллаах личноһы сайыннарыы буолар. «Росатом» корпорация бырагыраамматын салайааччыта Олег Поляков эрэг ийэҥҥэ ыытыллар үлэ көдьүүһэ ортотунан 121,7% тэҥнэспитин, үтүө уларыйыылары киллэрэргэ дьон бэлэмнээҕин бэлиэтээтэ.
Ахсынньы 29 күнүгэр Айсен Николаев “Баҕа санаа харыйата” аахсыйаҕа кыттан, Нерюнгри куоракка олорор 10 саастаах Рома Дроздов Саҥа дьыллааҕы ыра санаатын толордо. Уолчаан Москва метротугар сылдьыахпын баҕарабын диэн аккырыыккаҕа суруйбут. “Ийэтэ таптаан Чемпион диэн ааттыыр оҕотугар мин Москвалыыр сэртипикээти ыыппыппын истэн олус үөрдэ диэтилэр. Дойду тэбэр сүрэҕэр тиийдэҕинэ метрополитены астына көрөн уолчааҥҥа үтүө иэйии санаата уйаланыа дии саныыбын. Дима кыратыттан пуойастары, тимир суолу кэрэхсиир, ол иһин Лего хомулугу сөбүлүүр эбит. Аны саас үөрэх дьыла бүттэҕинэ кини дьонун кытта Москвалыаҕа, сыллааҕы үөрэҕин бэркэ түмүктүөҕэр эрэнэбин”, — диэтэ Айсен Сергеевич.
Ахсынньы 30 күнүгэр Ил Дархан «Якутскэнерго» ПАУо уонна кини салааларын «Сахаэнерго» и «Теплоэнергосервис» акционернай уопсастыбалар сыллааҕы үлэлэрин барыллаан түмүктэрин көрдө. Хампаанньа үлэтин сүрүн көрдөрүүлэрэ улааппыт. Ол эрээри саахал түмүгэр уот арахсыыта элбээбитэ боппуруостары үөскэтэр. Ол курдук, соторутааҕыта буолбут «Майа — Чурапча» ситимҥэ буолбут саахал эрэгиэйэни энергиянан хаачыйыыны, ол иһигэр олох-дьаһах коммунальнай тиһигин тургутан көрдө. Ити хатыламматын туһугар хампаанньа үлэтигэр сөптөөх түмүгү оҥосторугар эрэнэрин туһунан Ил Дархан эттэ. Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа тариф араастаһыытыттан тахсар ночооту аччатыыга, «Сунтаар – Ньурба», «Сулҕаччы – Амма» 110 кВ күүрүүлээх линияны, электростанциялары тутууга үлэлэһэргэ сорудахтаата. Дьокуускайга 2-ГРЭС бырайыагы олоххо киллэриини хонтуруоллуурга ыйда.
Ахсынньы 30 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаевка Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бэйдиэ сылдьар ыттары булууга уонна тутууга суһал миэрэлэр тустарынан отчуоттаата. «Бэҕэһээ ыттар саба түһүүлэриттэн ХИФУ учуонайа Сардаана Слепцова суорума суолланна. Сардаана Афанасьевна суох буолбута дьиэ кэргэнигэр уонна биһиэхэ барыбытыгар улахан иэдээн. ХИФУ ректора Анатолий Николаев бүгүн сарсыарда кини дьиэ кэргэнигэр көмө оҥоһулларын, кыра уола үөрэнэригэр боппуруостары быһаарыахтарын туһунан миэхэ эппитэ», — диэтэ Ил Дархан. Евгений Григорьев бэйдиэ сылдьар ыттары тутарга 11 эбии биригээдэ тэриллэн, уопсай ахсаана 15 буолбутун, хас биирдии биригээдэҕэ кинологтар, уопуттаах анал үлэһиттэр баалларын эттэ. Уокуруктар быраабаларыгар мобильнай бөлөхтөр тэриллэн, күнүстэри-түүннэри ханна ыттар үөрдээн сылдьалларын кэтээн көрөн, суһаллык биригээдэлэргэ биллэрэн иһиэхтэрэ. Бүгүн мэрия, быраабалар, тэрилтэлэр, суһал сулууспалар үлэһиттэрэ – барыта 170 киһи, 47 массыына үлэлиир. Айсен Николаев Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовниковка бу боппуруоска үлэлэһэргэ соруйда. Куорат дьаһалтата киниэхэ балаһыанньаны суһаллык иһитиннэрэн иһиэҕэ. Бэйдиэ сылдьар ыттары көрөр-харайар пуунҥа анаммыт үп сөпкө туһанылларын куорат дьаһалтата уонна уопсастыбаннас кэтээн көрүөхтээхтэр. Ил Дархан туһааннаах сокуону уопсастыбаннас уонна эспиэрдэр киэҥник ырытыһалларыгар ыҥырда. Онуоха Ил Түмэн уонна эрэгийиэнтэн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын оруоллара улаханын бэлиэтээтэ.
Ахсынньы 30 күнүгэр эрэгийиэн салайааччыта 2021 сылга хамсыгы утары үлэ ситимнээхтик уонна былааннаахтык ыытыллыбытыгар коронавирус хаптайыах таһыма бары бииргэ сүбэлэһэн үлэлээбиппит түмүгэ диэтэ. Саха сирин көрдөрүүтэ Арассыыйаҕа 10 бастыҥ үлэлээх эрэгийиэн иһигэр киирдэ. Быйыл күһүн эрдэттэн сэрэтии үлэтэ күүһүрдүллүбүтүн түмүгэр күһүн-саас киһи тумуулуур дьаҥа улаханнык тэнийбэтэҕэ профилактика күүһүн итэҕэттэ диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.
Ахсынньы 30 күнүгэр Айсен Николаев туһааннаах министиэристибэлэр, биэдимэстибэлэр, тэрилтэлэр, олохтоох салайыныы уорганнара кэлэр сылга тыа баһаарыттан сэрэхтээх буолуу сезонугар толору бэлэмнэниэхтээхтэрин туһунан эрэгийиэн прокурора Максим Попов кыттыылаах мунньахха эттэ. Бу сылга тахсыбыт быһыы-майгы хатыланыа суохтаах диэтэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн ойууру баһаартан харыстааһын тэрээһиннэрин үбүлээһин хас да бүк улааппытын, ону көдьүүстээхтик туһаныахтаахпыт диэн бэлиэтээтэ. Үлэ бары хайысхатыгар чуолкай быһаарыы ылыныллыбыт биир кэлим былаан тохсунньу 14 күнүгэр диэри сөбүлэһиини ааһан, Ил Дархан бигэргэтиитигэр киллэриллиэхтээх. Бу күннэргэ федеральнай бүддьүөттэн тыа баһаарын умулларыы ороскуотун толуйар үп аһарыллыбыт, бүгүҥҥүттэн уоту бохсууга үлэлээбит дьон счетугар харчы киирэн эрэр. Маны тэҥэ атын көмөлөспүт эрэгийиэннэргэ эмиэ үп ыытыллыбыт.
Ахсынньы 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга СӨ сайдыытыгар корпорация былаанын көрөр сүбэ мунньаҕы ыытта. “Якутия” уонна “Южная Якутия” салайар хампаанньаҕа бу корпорация бырабыыталыстыбабыт боломуочуйата буолар. 2020-2025 сс. Найбаҕа Муора пуордун, Сэлии аан дойдутааҥы киинин, Дьокуускайга Инновация научнай-тэхиниичэскэй киинин тутууга корпорация үлэлэһиэхтээх. Кэнники 3 сылга корпорация аатыгар ойоҕостон 9.6 млрд солк. үп киирдэ. Онон өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайдыытыгар улахан көмөлөөх корпорация кэнсиэпсийэтин быһыытынан Сыыппараны өйүүр уонда киинэни өйүөҕэ, ону сэргэ эбии 50 бырайыакка үлэлэһиэҕэ”, – диэтэ Ил Дархан.
Ахсынньы 31 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Саҥа 2022 сылынан истиҥ эҕэрдэтин бука бары олохтоохторго анаата. “Ааһан эрэр сылга төһө да үгүс моһолу туораатарбыт, киэн туттар, үөрэр түгэммит үгүс этэ. Күчүмэҕэйдэри аахсыбакка, экэниэмикэ үгүс салаатыгар, социальнай эйгэҕэ уонна уопсастыбаннай олоххо дьоһун ситиһиилэрдээхпит. Таас чоҕу, кыһыл көмүһү хостуур бырамыысыланнаска хаһааҥҥытааҕар да үрдүк көрдөрүүлэннибит. Саҥа сылга бигэтик үүнэр экэниэмикэлээх киирэн эрэбит. Тыа сирин үлэһитин өйүүр дьаһаллары кэҥэттибит. Кинилэргэ гааһы киллэриини, олорор дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри, суоллары тутууну салгыы ыытыахпыт. Саҥа тэрилтэлэр тутулуннахтарына, үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Бу барыта кэнэҕэскитин олох бары эйгэтигэр бигэ туруктаах буоларбытыгар эрэли үөскэтэр.
2022 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан биллэрилиннэ. Күн күбэй ийэ олоҕу бэлэхтээбит күндүттэн күндү киһибит буолар. Онон туох-ханнык иннинэ ийэлэрбитигэр, тус бэйэбитигэр уонна үүнэр көлүөнэҕэ Сахабыт сирэ табыгастаах усулуобуйалаах баай-талым олохтоох-дьаһахтаах дойду буоларын хааччыйыах тустаахпыт. 2022 сыл үгүс кэрэ түгэннэри, үтүө эрэ уларыйыылары аҕалыахтын!” – диэтэ кини.
Күндү дьоммут! Саргы-дьаалы аргыстаах Саҥа сыл үүммүтүнэн! Муус кудулу тымныыбыт тулхадыйбат санаабытын эбии чиҥэттин, ыраас салгына санаабытын дьайҕартын!
Афанасий НОЕВ,
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ