Литературнай музейга сэтинньи 23 күнүгэр бөдөҥ государственнай, общественнай-политическай деятель, кэпсээнньит, публицист, драматург, Ойуунускай аатынан литературнай музей бастакы дириэктэрэ, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата В.А.Протодьяконов-Кулантай төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтиир “Аҕа көлүөнэ эркээйилээх суолунан” ахтыы киэһэтэ буолан ааста.
Кулантай сиэннэрэ, чугас аймахтара, бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт дьоно мустан Василий Андреевич республика туһугар оҥорбут үтүөлэрин, киһи, суруйааччы, музей дириэктэрин быһыытынан үлэтин ахтан-санаан аастылар. Ону таһынан I Хоро нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ суруйааччы “Күүт миигин” диэн Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи тыа ыалын олоҕуттан киһи хараастар түгэнин, ону таһынан “Муот киһи” диэн Василий Андреевич бэчээттэммэтэх айымньытыттан 30-с сыллардааҕы хаалынньаҥ өйү-санааны көрдөрөр, саралыыр комедияны Тумул норуодунай театрын артыыстарын толоруутугар астына-дуоһуйа көрдүбүт.
Василий Андреевичтыын бииргэ үлэлээбит В.Д.Михайлов Кулантай саамай улахан ситиспит ситиһиитинэн бу музей дьиэтин туттарбытын уонна үп-харчы тыырыллыытын билэр буолан, туох да мэһэйэ суох барыта үлэҕэ киирбитин кэпсээтэ. Поэт А.Г.Старостин-Сиэн Кынат В.А.Протодьяконов-Кулантайы саамай кытаанах кэмнэргэ 1940-1950 сс. Үп министринэн үлэлээбитин, итиэннэ Ойуунускай музейын туттарбытын аҕынна. «Бу маннык икки сүдү дьыаланы оҥорбут киһи сахаҕа суоҕа буолуо«, — диэн ыйда.
Бу ахтыы киэһэтин Кулантай аатынан Чараҥнааҕы литературнай музей салайааччыта З.В.Мигалкина ыытта.
Икки музей фондатыттан кыттыгас “Аҕа көлүөнэ эркээйилээх суолунан” быыстапка нэдиэлэ устата, ол эбэтэр сэтинньи 30 күнүгэр диэри туруоҕа. Манна Кулантай толору наҕараадалара, илиинэн суруйуулара, айымньылара, туттубут мала-сала турдулар. Сэрии кытаанах кэмигэр үп бастакы наркомунан үлэлээбит, онтон Саха АССР салайыыга эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыт, суруйааччы, Ойуунускай музейын бастакы дириэктэрэ В.А.Протодьяконов-Кулантайга анааллаах быыстапканы кэлэн көрүҥ, үтүө киһи хорсун, хоодуот олоҕо билиҥҥи ыччакка үтүө холобуру, эркээйилээх суолу ыйдын.