Ыам ыйыгар хомунуу-иминии, ыраастаныы, бөхтөн-сыыстан быыһаныы буолар. Ону кытта тэҥҥэ өй-санаа сааһыланыыта, ыраланыы, арыллыы-аһыллыы кэмэ. Хатастар бука бары, буоларын курдук, тиэргэннэрин, бөһүөлэк иһин ыраастаныыга туруннулар.
Хатас дьоно-сэргэтэ бу күннэргэ үтүөкэн хамсааһыннары оҥордулар. Ол туһунан «Баҕарах» түөлбэ салайааччыта Николай Попов маннык кэпсээтэ:
— Ырааһырдыыга субуотунньук буолла,з аправка быласааккатыттан Петров аатынан уулуссаҕа дылы бөҕү ыраастаатыбыт. Быйыл бөх аҕыйах, 20-чэ куул буолла. Биир оччо мас тиэллэн, сыбаалкаҕа сүөкэннэ. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да үгүс киһи кытынна. 25 киһиттэн аҥаара оҕолор. Эдэрдэр кыттар буолбуттара үөрдэр. Ырааһы-сырдыгы сэҥээрэллэр диэн саныыгын, инникигэ эрэл үөскүүр, хойут бэйэлэрэ көрө-истэ, харыстыы, ыраастыы сылдьыахтара.
Бары кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махтал буоллун, инникитин да көхтөөх, сомоҕолоһо сылдьыаҕын, барыгытыгар туйгун доруобуйаны, дьолу, ситиһиини баҕарабын. Кыайыы күнүн этэҥҥэ атаарыҥ.
Николай Семенович субуотунньукка бэйэтин тыраахтарынан үлэлээбитин махтанан кэпсиибит. Субуотунньук кэмигэр бөһүөлэкпит сайдыытыгар сэһэргэһии-кэпсэтии таҕыста, саҥа-сонун көрүүлэр этилиннилэр. Эдэрдэр санаалара эрчимнээх, сэниэлээх, кыахтаах.
Көхтөөх үтүө дьонноох, ылбаҕай ыччаттаах, үлэһит оҕолордоох «Баҕарах» түөлбэтин дьонугар үтүөнү, кэрэни, доруобуйаны баҕарыаҕыҥ. Бу курдук үгэскэ киирбит хамсааһыннар түөлбэлэрбит аайы буолуохтара, диэн СИА-ҕа суруйда Наталья Руфова.