Нам улууһугар мүөттээх ыҥырыаны иитии — саҥа сайдан эрэр салаа. Онуоха эдэр дьон ылсан үлэлииллэрэ кэрэхсэбиллээх, диэн Нам улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаала суруйар.
Түбэ нэһилиэгэр Аскалон Егоров ыҥырыаны иитиинэн 2018 сылтан олохтоохтук дьаһанан үлэлиир. Аскалон бу айылҕа биир маанылаабыт сиригэр 3 сыл анараа өттүгэр ыҥырыа мүөтүн хомуйар сири – пасекатын оҥостубут.