«Ийэ өлбөт үйэлээх хорсун быһыыта» бырайыак Хаҥалас улууһугар 255 ийэ төрөппүт оҕотун Аҕа дойду улуу сэриитигэр атаарбытын быһаарда. Бу туһунан СИАҕа улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Көрдүүр-чинчийэр үлэ быһаарбытынан Анисия Михайловна Соловьева уонна Софья Николаевна Петрова ынырык сэриигэ алталыы уолларын ыыппыттар. Биэстии уолларын — икки ийэ, биэс ийэ түөрт уолун уонна кыыһын, 12 ийэ үс уолун, 42 ийэ икки уолун, улуус 192 ийэтэ биирдии уолун атаарбыта билиннэ.
«Ийэлэр өлбөт үйэлээх хорсун быһыылара умнуллуо суохтаах. Бырайык тэрийээччилэригэр, көрдүүр-чинчийэр үлэни ыыппыт дьоҥҥо махталбыт муҥура суох. Бары сүбэннэн үлэ өссө да салҕанарыгар эрэллээхпит», — диир улуус баһылыгын солбуйааччы Олег Иринеев.
Хаҥалас улууһугар уопсайа 286 киһи бырайыакка үлэлэстэ. Ол иһигэр 120 оскуола үөрэнээччитэ, 82 «Арассыыйа ийэлэрин» Саха сиринээҕи салаатын чилиэннэрэ, 75 волонтер.
«Саха сирин ийэлэрин Албан аата» түмэл экспозиционнай саалатыгар бырайыак түмүгүн кэпсиир стендэҕэ Хаҥалас улууһун ийэлэрин хаартыскалара үйэтитиллибит. Сааланы коронавирус дьаҥа халбарыйдаҕына көрүөххэ сөп буолуо.