29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Хаҥалас оройуонун аграрийдара сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин былаанын аһара толордулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин Хаҥалас улууһугар билиҥҥи туругунан, 18 999 гектар ходуһа оттоммут, 31 313 туонна дороххой аһылык бэлэмнэммит, бу былаантан 101% тэҥнэһэр.

Оройуон баһылыга Олег Иринеев бэлиэтииринэн, оройуон үрдүнэн от үүнүүтэ үчүгэй  буолан, былааны толорбуттар.

Сиилэс уонна от бэлэмнээһинэ эмиэ аһара толорулунна: ол курдук, сиилэс 3000 туонна былааннаммытыттан 4250 туонна буолла, оттон от 2500 туонна былааннаммыт эбит буоллаҕына,  2699 туонна бэлэмнэннэ.

Хаһаайыстыбалар оҕуруот аһын, бурдугу, хортуоппуйу билигин даҕаны хомуйа сылдьаллар. Быһа холоон, күн бүгүн 1145 гектар бурдук хомулунна, өссө 782 гектар хомуллуохтаах, 642,5 гектар иэннээх сиртэн 7066 туонна хортуоппуйу хомуйдулар, оҕуруот аһын хомуйуу салҕана турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА