Дьокуускайга Ил Дархан Айсен Николаев олохтоох бэйэни салайыныы сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктиканы сайыннарыы, экологическай бигэ туруктаах буолуу туһунан ыйааҕын тула кэпсэтии, ырытыы буолла.
Никита Андреев, Горнай улууһун баһылыга:
— Биһиги улууспутугар экология хайысхатын ыйааҕа быдан чугас. Хас биирдии нэһилиэккэ бөх хомуйуутугар, сыбаалкалары, кытаанах бөх тобохторун тиэйиитин бэрээдэктээһиҥҥэ туһаайыллар боппуруостары нэһилиэнньэ туруорсар. Онно ити ыйаах олоххо киириитэ улахан суолталаах. Хамсааһын, үлэ өссө күүһүрүө.
Горнайга киэҥ-куоҥ ураты харыстанар сирдэрдээхпит. Кыыл-сүөл ахсаанын элбэтиигэ былааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Күөх айылҕабытыгар ураты сыһыаннаах ыччаттары иитэн таһаарарга улахан болҕомтону ууруохтаахпыт. Ону таһынан, улууспутугар уопсастыбаннай, гражданскай көҕүлээһиннэр үлэлэрин экология сайдыытын хайысхатыгар туһаайыахпыт, @silatrudagorny