26 Муус устар 26.04
  • -4°
  • $ 92,13
  • 98,71

Горнай улууһа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэр

16:01, 08 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т., «Манчаары оонньууларын» тэрийэр хамыы һыйа салайааччыта Сергей Местников Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр «Манчаары оонньуулара» спорт төрүт көрүҥнэригэр XXI-с спартакиада тутууларын кытары билистэ. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.


Эһиил ыытыллыахтаах «Манчаары оонньуулара» спорт төрүт көрүҥнэригэр XXI-с спартакиаданы көрсө Бэрдьигэстээххэ 4000 миэстэлээх стадион, Матта өрүс биэрэгин бэрийии, ытааччыларга аналлаах 50 миэстэлээх интернаттаах комплекс, элбэх функциялаах чэбдигирдэр киин, ипподрому сөргүтүү үлэлэрэ бара тураллар.

От ыйын 7 күнүгэр Сергей Местников миэстэтигэр үлэ хаамыытын кытары билистэ. Тэрээһин туһунан улуус баһылыга, тэрийэр хамыһыйа салайааччытын солбуйааччы Никита Андреев билиһиннэрдэ. Кини стадион тутулла турар сирэ саас ууга бара сылдьыбытынан сибээстээн тутууга былаантан хаалыы баарын эттэ.

Ол эрэн Сергей Местников тутуу кэмигэр баран иһэрин бэлиэтээтэ. Элбэх функциялаах чэбдигирдэр киин быйыл тутуллан сыл бүтэһигэр үлэҕэ киирэр диэн эттэ. «Бүгүн этиллибит атын кыһалҕалары тэрийэр хамыһыйаны кытары бииргэ быһаарыахпыт», — диэтэ Сергей Местников.

Санатар буоллахха, «Манчаары оонньуулара» Саха сиригэр түөрт сыл буола буола ыытыллар. Оонньуулар бүтэһигин Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыттара. XXI-с уочараттаах спартакиада эһиил от ыйын 7 күнүгэр саҕаланыа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА