Государственнай Дума депутата, бюджет уонна нолуок кэмитиэтин чилиэнэ Галина Данчикова РФ президенин быыбарыгар бэйэтин куолаһын биэрдэ. Кини Дьокуускай куоракка Октябрьскай уокурук быыбардыыр учаастагар гражданскай иэһин толордо.
«Бүгүн хас биирдии гражданиҥҥа олус суолталаах событие — Российскай Федерация президенин талабыт. Дойдубут историятыгар олус суолталаах быыбар. Хас биирдиибит гражданскай иэспитин толоруохтаахпыт, күүстээх судаарыстыбаҕа олорор курдук. Биһиги сувереннай судаарыстыба иһин уонна хас биирдии олохтоох олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүн иһин туруулаһабыт. Хас биирдии киһи сөптөөх быыбар оҥоруо диэн эрэнэбин», — диэтэ Галина Данчикова.