Федерация Сэбиэтэ пленарнай мунньаҕар Российскай Федерация президиэнин быыбарын 2024 сыл кулун тутар 17 күнүгэр аныыр туһунан уураах таһаарда. Докумуон официальнай таһаарыы кэнниттэн күүһүгэр киирдэ.
Быһаарыы биир санаанан ылылынна. 162 сенатор куоластаата. Сэбиэт уурааҕа олоххо киирдэ да, быыбар хампаанньатыгар старт бэриллибитинэн ааҕыахха сөп, ол туһунан ТАСС-ка СФ конституционнай законодательствоҕа уонна судаарыстыбаннай тутууга кэмитиэтин салайааччыта Андрей Клишас эттэ.
Сиһилии https://ysia.ru/sovfed-naznachil-vybory-prezidenta-rf-na-17-marta-2024-goda/