Саха сирин парламентарийдара бастакы ааҕыыга элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын оннугар 200 тыһ солк харчынан төлөбүр ылалларын туһунан сокуон барылын ылыннылар, суруйар СИА.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 15 тыһ тахса элбэх оҕолоох ыал босхо учаастак ылыытыгар уочаракка турар, уочарат бытааннык сыҕарыйар.
«Бырабыыталыстыба этиитинэн миэрэ өйөбүл альтернативнай киэбэ буолар. Ыал баҕа өттүнэн уочараттан тахсан, 200 тыһ солк ылан олорор дьиэтин тупсарыыга туһаныан эбэтэр учаастак ылыытыгар салгыы уочаракка туруон сөп. Дьиэ кэргэн бэйэтэ быһаарар», — Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова эттэ.
Народнай депутат иһитиннэрбитинэн, сокуон олоххо киириитигэр бюджекка 400 мөл солк тыырыллыаҕа. Борогунуос быһыытынан, учаастак ылыытыгар уочаракка турар дьиэ кэргэн 40% биир кэмнээх төлөбүрү ылыаҕа.
200 тыһ солк ылбыттар инникитин босхо учаастакка дураһыйбаттар, бигэргэттэ Атласова.