20 Муус устар 20.04
  • 11°
  • $ 93,44
  • 99,58

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо 2600 үлэ миэстэтэ тэриллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин бүгүҥҥү күҥҥэ 2600 үлэ миэстэтэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тэриллэрин туһунан социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.   


«Инбэлиит дьон үлэ көрдүүрүгэр араас кыһалҕалары көрсөр. «Ил Тумэн» доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо тэрилтэлэр үлэ миэстэтин таһааралларын туһунан сокуон ылынан турар. Ол курдук 100 киһилээх кэлэктиип 1%-на эбэтэр 100-тэн тахса үлэһиттээх буоллаҕына – 3%-на инбэлиит дьон буолуохтаах. Бу сокуон туолуутугар биһиги бүгүн үлэлэһэ сылдьабыт. Биһиги баазабытыгар баар тыһыынчаттан тахса тэрилтэ квотаны туһанарын туһунан отчуоттуур», — диэтэ Степан Москвитин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА