Бэнидиэнньиккэ, от ыйын 18 күнүгэр, Дьокуускайга уонна кэккэ оройуоннарга кыра буруо бэлиэтэнэр.
Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев бэлиэтээбитинэн, төрүөтүнэн Хабаровскай кыраайга илин уонна киин диэки буолбут баһаардар буруолара, чуолаан Уус-Майа оройуонун диэкиттэн кэлэр.
От ыйын 18 күнүгэр сарсыарда Саха сиригэр 51 ойуур баһаара турар. Кэнники сууккаҕа 9 баһаары умуллардылар.