22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Дьокуускайга салгынынан көтүүнү салайар аныгы киини астылар

17:01, 07 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн гражданскай авиация норуоттар ардыларынааҕы күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Росавиация салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Ядровы уонна «Хотугулуу-Илиҥҥи Сибиир аэронавигацията» тэрилтэ дириэктэрэ Дмитрий Бобылев буолан Дьокуускайга салгынынан көтүүнү салайар бөдөҥсүйбүт киини астылар.


2011 сыллаахтан тутуллан саҕаламмыт киин киэҥ-куоҥ, аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттэһэр, авиадиспетчердар, инженердар үлэлииллэригэр табыгастаах, тупсаҕай буола тутуллубут.

«Киин 4 мөл кв килэмиэтиртэн тахса иэннээх салгын суолугар дойдулар, эрэгийиэннэр ыккардыларынааҕы, ис көтүүлэргэ куттал суох буолуутун хааччыйар кыахтаах», — диэтэ Ил Дархан. Кини эбийиэк дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан тутуллубутун эттэ.

Дмитрий Ядров бөдөҥсүйбүт киин сүрүн сыалынан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар баар 17 тэрилтэ салааларын холбооһун буоларын эттэ. Кини саҥа киин аныгылыы автоматизированнай систиэмэлээҕин, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн салгын сорох трассаларын кыччатыахха сөбүн, көтүүлэр куттала суох буолууларын үрдэтиэхээ сөбүн эттэ.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-yakutske-otkryli-ukrupnennyj-tsentr-upravleniya-dlya-povysheniya-bezopasnosti-poletov/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА