Дьокуускайга «Туймаада» олимпиада кыттыылаахтара Россия регионнарыттан кэллилэр. Тэрээһин бүгүҥҥүттэн саҕаланар.
Сүүстэн тахса үөрэнээччи бэйэтин билиитин математика, физика, химия уонна информатика предметтэригэр тургутуоҕа. Кыттар хамаандалар кэлитэлээн эрэллэр. Бэҕэһээ сарсыарда эрдэ «Якутск» аэропортка Хотугу-Кавказ федеральнай университетын хамаандата кэллэ.
«Хамаандаҕа үспүт, информатикаҕа, математикаҕа уонна химияҕа кытталлар. Мин бэлэмим хайдаҕын билбэппин, тэҥнээһиҥҥэ биллиэҕэ. Олимпиада кыттыылаахтарыгар үчүгэйи эрэ баҕарабын, аппаратура тохтоло суох үлэлииригэр, сөрүүн аудиториялар буолалларыгар баҕарабын», — диэтэ Ставропольскай кыраай хамаандатыттан 11 кылаас үөрэнээччитэ.
Быйыл «Туймаадаҕа» сүүстэн тахса оҕо сайаапка биэрдэ: Новосибирскай, Пензенскай, Свердловскай, Московскай уобаластартан, Ставропольскай кыраайтан, Татарстан, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэриттэн, маны сэргэ тас дойдулартан: Казахстан, Сингапур, Румыния, Индонезия.
Саха сирин үгэс быһыытынан икки хамаанда көмүскүүр (юниордар уонна улахаттар), 56 кыттааччы.