«Бэс ыйын 8 күнүгэр буолла. Тимир сетка чоройон турар чааһа оҕом моойугар 5 см дириҥнээх киирдэ. Кыыспын кытта оскуолаҕа дылы сүүрэн тийиэхпитигэр диэри, оҕом суһал көмө массыынатыгар олордо. Киниэхэ ыарыыны аһардар укуол туруорбуттар. Олус түргэнник кэлбиттэр, рентген түһэрдилэр, чэчэгэйигэр тиктилэр. Моойугар туруупка туруордулар. Бэрэбээскигэ бара сырыттыбыт, уолум билигин бэйэтин үчүгэйдик сананар», — диэтэ ийэ.
Силиэстийэлиир кэмитиэккэ эппиттэринэн, дуоһунастаах сирэйдэргэ, оскуола спортивнай былаһааккатыгар куттал суоһаабат туругар эппиэттээччилэргэ сыана бэриллэр.
«Бу түбэлтэнэн Дьокуускай куорат силиэстийэлиир отделынан процессуальнай бэрэбиэркэ саҕаланна, буолбут быһылаан биричиинэтэ уонна балаһыанньата быһаарыллыаҕа. Оҕо ылбыт эчэйиитин степенэ, дуоһунастаах сирэйдэргэ, оскуола спортивнай былаһааккатыгар куттал суоһаабат туругар эппиэттээччилэргэ сыана бэриллэр. Бэрэбиэркэ силиэстийэлиир управление салалтатынан хонтуруолланар», — диэтилэр биэдэмистибэҕэ.