22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга МС-21-300 сөмөлүөт техническэй кэтээн көрүүнү ааһар

13:02, 24 января 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай аэропордугар МС-21-300 сөмөлүөт түстэ,  «Иркут» корпорация оҥоһуута. Көтөр аал 3 — 4 нэдиэлэ устата намыһах салгын температуратыгар техническэй кэтээн көрүүнү ааһыаҕа, суруйар СИА. 

МС-21-300 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлииргэ Дьокуускайга 70 киһилээх хамаанда кэллэ. «Иркут» корпорация уонна А.С. Яковлев аатынан уопуттуур-конструктордыыр бюро исписэлиистэрэ. Корпорация генеральнай дириэктэрэ Андрей Богинскай эппитинэн, кэтээн көрүү -30 кыраадыстан намыһах салгын температуратыгар ааһыахтаах.

Регион тырааныспарга миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээбитинэн, Уһук Илиҥҥи хампаанньа үлэтин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ МС-21-300 көтөр аал ылыллара, ол иһигэр пассажирдары тиэйэр-таһар рейстар оҥоһуллаллара былааннанар.

«Өрөспүүбүлүкэ намыһах температураҕа кэтээн көрүүлэри аһардар полигонунан буолар. «Суперджет 100», Ил-96, Бе-200, Airbus уонна Boeing сөмөлүөттэр чинчийиини ааспыттара», — диэтэ миниистир.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА