Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы крематорий үлэтин саҕалаата. Ол туһунан СИА-ҕа киин куорат инвестицияҕа уонна бырайыактыыр үлэҕэ управлениетын салайааччыта Андрей Владимиров эттэ.
«Бастакы кремация чэппиэргэ буолар. Сыаната ритуальнай өҥөттөн, быраһаайдаһыы саалатын арендатыттан тутулуктаах. Эбийиэги арыйыы болдьоҕо уһаабыта диэн, персоналы талыы уонна үөрэтии өр барда. Бырайыагынан көрүллэр колумбарий сайын баар буолуоҕа», — диэтэ Андрей Владимиров.
Эрдэ этиллибитинэн, кремация сыаната 30 тыһ солк.
Сууккаҕа 10-ҥа тиийэ кремацияны оҥоруохха сөп. Дьон өҥөнү ирдиир буоллаҕына, иккис оһох туруорарга былааннанар. Тоҕус исписэлиис үлэлиир: оператордар, администратордар, көмөлөһөөччүлэр уонна бухгалтердар.