22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга киһини эттээһиҥҥэ уорбаланар дьону туттулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга силиэстийэлиир-ирдиир дьаһаллар түмүктэригэр икки уорбаланааччыны быһаардылар.

Өлбүт киһи фрагменнарын Лермонтов уулуссатынан бөх быраҕар баах кэнниттэн булбуттара, уорбаланааччылары бу элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн туттулар.

«Кинилэри силиэстийэ барар кэмигэр хаайдылар. Бу түбэлтэ быһыытын-майгытын силиэстийэлээһинэ прокуратура хонтуруолугар буолуоҕа. Быһылаан миэстэтигэр полиция үлэтин сыаналыы Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко таҕыста», — диэн Саха сирин прокуратуратыгар иһитиннэрдилэр.

Ким өлүгэ көстүбүтүн быһаара иликтэр. UPD: Саха сирин силиэстийэтигэр чуолкайдаабыттарынан, орто саастаах эр киһи өлүгэ. Холуобунай дьыала тэрилиннэ, анал оперативнай- силиэстийэлиир бөлөх үлэтин саҕалаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА