Саха сирин үҥкүү национальнай театра IV өрөспүүбүлүкэтээҕи «Хомус тыына» куонкурсу ыытта. Биирдиилээн уонна дуэтынан, кэлэктиибинэн кытыннылар.
Бырайыак ааптара Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Георгий Слепцов-Чаҕылхан буолар. Дьүүллүүр сүбэни импровизатор-хомусчут, музей экспозиционнай-быыстапкалыыр отделын сэбиэдиссэйэ уонна аан дойду норуоттарын хомус киинэ Туяра Жиркова салайда.
Түмүккэ соло уонна дуэт:
I бөлөх — 3 — 9 саастаахтарга I степеннээх лауреат — Мичийэ Тимофеева, III степеннээх лауреат — София Щербакова.
II бөлөх — 10 — 16 саастаахтарга: I степеннээх лауреат — Виктория Владимирова, II степеннээх лауреат — Нарико Пак, III степеннээх лауреат – Виталия Сорошева. I степеннээх дипломант Марк Юшин, II степеннээх дипломант – Лилияна Игнатьева.
III бөлөх 17 саастарыттан үөһэ: I степеннээх лауреат – Мария Иванова, II степеннээх лауреат – Дмитрий Поляков.
Гран-при буолла Геннадий Игнатьев.
Ансаамбылларга түмүк:
I бөлөх 3 — 9 саастаахтарга: I степеннээхтээх лауреат – «Күн Чөмчүүк» ансаамбыл, II степеннээх лауреат – Дьокуускай № 31 -дээх оскуолата. II бөлөх 10 — 16 саастаахтарга: I степеннээх лауреат — «Бэйбэрикээн сиэннэрэ» ансаамбыл, III степеннээх лауреат – «Дохсун» ансаамбыл.
Анал бирииһи Артур Дьяченко ылла.