А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр нациялар «Бииргэ дьоллоохпут» дьиэ кэргэттэр бэстибээллэрэ буолла. Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо аймах сылларыгар ананна.
Бэстибээлгэ Кулагиннар, Голиковтар, Егоровтар, Хотамовтар, Бердалиевтар, Азатяннар, Максимовтар кыттыыны ыллылар, суруйар ЯСИА.
Быйылгы дьиэ кэргэн бырааһынньыгар ямщиктар, эбээннэр, нууччалар, таджиктар, кыргызтар, армяннар, сахалар кыттыыны ыллылар, кэтэхтэн Григорьевтар дьиэ кэргэн кытынна, кинилэргэ 13 араас омук оҕото иитиллэр.
Ыаллар национальнай бүлүүдэлэрин, култуураларын, оҕолорун, ыал ситиһиитин кэпсээтилэр. Дьиэ кэргэттэр бырааһынньыктарынан тэрийээччилэр ааттарыттан бэлэхтэри туттардылар.