2024 сылга Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорбут соругун толорор былааннаах.
Тэрилтэ быйылгы былаана — 100 мөл устуука куурусса сымыыта.
Кэнники биэс сылга тэрилтэ техническэй хайысхатын тупсаран, оҥорон таһаара сылдьыбыт 60 мөл сымыытын 97 мөл тириэрдибит. Күн аайы фабрикаҕа 325 тыһыынча сымыыт тахсар.
Атыыга бэйэлэрэ таһаарар буолан, сыаната биир кэм тутуллар. Дьокуускай куорат үөрэх тэрилтэлэрин остолобуойдарыгар быһа тиийэр.