22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускай маастар-былаанын оҥорууга 10 млрд солк көрүллэр

16:28, 02 февраля 2023
Текст:
Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат маастар-былаанын оҥорууга 2023–2024 сылларга 10 млрд солк көрүлүннэ. Ол туһунан регион баһылыга Айсен Николаев куорат дьаһалтатын мунньаҕар эттэ.

«Бу харчыга Дьокуускайга 2-с, 4-с, 17-с кыбаарталлар инфраструктураларын тутууну былааныыбыт. Кэлэр сылларга территория барыта тутулларыгар, саҥа «Спортивнай» микрооройуон тутулларыгар эрэллээхпин. Ленин болуоссатын тупсаран тутууга уонна Сайсары күөл тулатын благоустройствотыгар харчы эмиэ тыырыллыаҕа. Үлэ бу сылга саҕаланыахтаах», – диэтэ Ил Дархан.

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай историятын масштабыгар маннык бырайыак бастакытын ыытыллар. Элбэх хамаанда кыттар — архитектордар, проектировщиктар, тутааччылар, ресурсу хааччыйар тэрилтэлэр. Сүрүннүүргэ биэдэмэстибэлэр ардыларынааҕы бырайыактыыр офис тэриллэр, маны Ил Дархан тус бэйэтэ хонтуруоллуур.

Харчы Уһук Илин 25 куоратын сайыннарыыга анаммыттан көрүллэр. Бу сыалга федеральнай бюджеттан Россия президенин сорудаҕынан 100 млрд солк бэриллэр. Билигин куораттар ардыларыгар тыырсыы үлэтэ барар. Саха сириттэн бу испииһэкэ – Дьокуускай уонна Нерюнгри баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА