Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри паром алтынньы бүтүөр диэри сылдьыаҕа. Бу туһунан СИА-ҕа «Саха сирин паромнара» хампаанньа Николай Ефимов иһитиннэрбит. Алтынньы 18 күнүттэн тарыып сыаната үрдүүрэ былааннанар.
«Навигация алтынньы 16 күнүгэр сабыллыахтаах диэн. Ол эрээри сылаас күн-дьыл туран, быйыл алтынньы 18 күнүгэр көстө. Бу даата кэнниттэн тарыып үрдүөҕэ. Паромнар быһа холоон ый бүтүөр диэри устуохтара», — диэн СИА-ҕа Николай Ефимов кэпсээтэ.
Күн-дьыл туругуттан көрөн, өрүскэ паромнар ахсааннарын сыыйа аҕыйатыахтара. Быраактыка көрдөрөрүнэн, алтынньы бүтүүтэ түөрт паром устар эбит. Онтон бу паромнар сэтинньи саҕаланыыта ледокол көмөтүнэн устуохтара.
Саха сирэ