20 Муус устар 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Дмитрий Медведев: Россия "Азия оҕолорунан" киэн туттар

11:21, 07 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуу ураты статустаах. Бу туһунан Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев от ыйын 6 күнүгэр күрэхтэһии өрөгөйдөөх арыллыытыгар эттэ.


«Быйыл «Азия оҕолорун» 20 сылын бэлиэтиибит, бу оттомноох саас. Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт эгидатынан ыытыллар буолан ураты статустаах. Россия Оонньуунан киэн туттар», — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Медведев.

«Азия оҕолоро» — саҥа саҕалаан эрэр спортсмен бэйэтин тургутан көрөрүгэр кыаҕы биэрэр. Быйылгы Оонньууга 4 тыһ. кыттааччы кэлбитэ — муҥутуур рекорд. Бары күүстээх сүүмэрдээһини ааһан, дьиҥнээх спортсменнар буолалларын көрдөрдүлэр. Билигин күрэхтэһии саҕаланна.  «Быстрее, выше, сильнее!» диэн биллэр олимпийскай девиз олоххо киирэригэр баҕарабын. «Азия оҕолоро» VI-с норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуу арыллыбытынан ааҕабын!» — диэтэ премьер.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА