Ытык Дьааҥыга бүгүн өрөспүүбүлүкэтэҕи суолталаах Олоҥхо ыһыаҕа ураты тыыннаах саҕаланна. Икки күн түспүт күүстээх ардах кэнниттэн күн күлүмүрдүү оонньоото. Саха норуотун өрөгөй бырааһынньыгын арыйыы сиэрэ-туома дьааҥылыы ыытылынна.
Олоҥхо ыһыаҕын режиссера Руслан Тараховскай бэлиэтииринэн, суолталаах тэрээһиҥҥэ уопсайа 700-чэкэ киһи кытынна.
— Тэрээһин сүрүн күүһүнэн Дьааҥы олохтоохторо бэйэлэрэ буоллулар. Ырыа-үҥкүү, номохтор, олоҥхо – барыта Дьааҥы матырыйаала киирдэ. Ол да иһин тэрээһин олус дириҥ ис хоһооннонно. Олоҥхо ыһыаҕар кэлбит ыалдьыттар өрөспүүбүлүкэ Ийэ олоҥхоһута Даарыйа Томская-Чайка, өбүгэлэриттэн бэриллибит мурун, хабарҕа, таҥалай ырыаларын, ураты тойуктарын бэйэлэрин кытта илдьэ аҕалбыт норуот ырыаһыттарын — Мария Новгородова, Мария Слепцова-Кустуй айымньыларын иһиттилэр. Дьааҥылыы хамсаныылары көрдүлэр. Онон саха итэҕэлэ хайа сахаларын — дьааҥылыы — хараҕынан көһүннэ. Күүтүллүбүтүн курдук, бу киин улуустарга тэҥнээтэххэ ураты көстүүнэн буолла, — диэн бэлиэтээтэ Руслан Тараховскай.
Киэҥ далааһыннаах Олоҥхо ыһыаҕар Ытык Дьааҥыга дьон-сэргэ үөрэ-көтө көхтөөхтүк кыттар.