22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьааҥы ыһыахчыттарыгар бары усулуобуйа тэриллибит

21:46, 28 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥыга буола турар Олоҥхо ыһыаҕар тэрийээччилэр аһатыы сиэригэр бары усулуобуйаны тэрийбиттэрин бэлиэтииллэр.


Аһыыр сир аайы уу турбаларын кырааннара, мыылалаах соттордор баалларын ыалдьыттар олус сэргии ылыннылар.


«Омос көрдөххө, киһи соччо аахайыа суоҕун курдук өрүтэ эрээри, аһыыр сир аайы илии суунар уу проводтара бааллара олус үөртэ. Мин үгүс тэрээһиннэри тэрийэр буолан, маннык ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын учуоттаабыт суолталаах ыһыаҕы тэрийээчилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин», — диэн санаатын үллэстэр Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтин бэрэстэбиитэлэ, Төрүт нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы, кыраайы үөрэтээччи Зоя Оконешникова.

Оттон Уус Алдан улууһун дэлэгээссийэтин бэрэстэбиитэлэ Иван Бурцев-Сэргэ Уйбаан: «Аһаатах аайы илиибин суунан абыранным. Урукку ыһыахтарга бу төрүт учуоттаммат этэ. Наһаа үчүгэй ыһыах буола турар. Ас баҕас баар – буолунаай! Ыалдьыттар тоторбутунан аһыы сылдьабыт. Ытык Дьааҥы сирэ-дойдута да оһуобай эбит. Салгына ырааһа, тиит мас мүөттээх сыта киһи муннугар дыргыйан киирэрэ – минньигэһин эриэхсит! Үүттэрэ-сүөгэйдэрэ, эттэрэ-астара ураты минньигэс амтаннаах. Дьоно-сэргэтэ эйэҕэһэ – үтүө дойду эбит Дьааҥы сирэ», — диэн үөрэ-көтө кэпсиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА