Чурапчы улууһун «Эркин» эр дьон түмсүүтэ көҕүлээһининэн (салайааччы Василий Давыдов) уонна Чурапчы улууһун дьаһалтата (баһылык Андрей Ноговицын) тэрийиилэринэн, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, «Туймаада-Лизинг» өйөөһүннэринэн аан бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи МТЗ тыраахтырдар машинист-механизатордарын икки ардыгар күрэх ыытыллынна. Таатталар, Горнайдар көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Күрэх Чурапчы сэлиэнньэтин илин өттүгэр сытар Липпэлээх күөлүгэр тэриллиннэ. Барыта сүүрбэттэн тахса тракторист көлөтүн аҕалан, тыраахтыры билии теориятыгар уонна ыытыы маастарыстыбатыгар илин-кэлин түһүстүлэр.
Судьуйаларынан гостехнадзор бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээн, күрэх таһымын үрдэттилэр.
Түмүк манннык буолла:
1м. Собакин Петр, Кытаанах – “Синтай” тыраахтыр,
2м. Игнатьев Павел, Хадаар – “Минск” матасыыкыл,
3м. Иванов Антон, Чурапчы шина кэмпилиэгэ.
Бу улахан күрэх чэрчитинэн Чурапчы улууһун бэтэрээн уонна урукку кэм чөмпүйүөн механизатордара чиэстэннилэр, ааттара ааттанна, итиэннэ “Аҕа күрэҕэ”, куйуур курдук дьон көҕүн үрдэтэр тэрээһиннэр буоллулар.
“Эркин” эр дьон түмсүүтэ бу иккис улахан тэрээһинэ буолар. Эр дьону уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ ылсан, бэрт таһаарыылаахтых иккис сылын үлэлээн кэллэ. Аны сотору кэминэн ыттар күрэхтэрин тэрийэн ыытыахтаах.