Бүгүн дьокутааттар пленарнай мунньахтарын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бастакы бэрэссэдээтэлин – тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл политикатын миниистирин дуоһунаһыгар Петр Алексеев кандидатуратын ырыттылар.
«Петр Николаевич салайар үлэҕэ уопуттаах, суһаллык уонна сөптөөхтүк буола турар быһыыга-майгыга дьайар дьоҕурдаах, үлэни чопчутук уонна чуолкайдык былаанныыры сатыыр», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова.
Тыа сирин бигэтик сайыннарар туһугар кини салайыытынан 2014-2018 сылларга болдьохтоох тэрээһиннэр былааннааммыттара,кини салалтатынан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтии, харайыы, дьиэ кыылын иитии, ону таһынан 2020 сылга диэри балык хаһаайыстыбатын сайдыылара сүрүннэммиттэрэ. Инникилээн сайдар сир-уот бырайыагын, о.д.а. тула элбэх үлэ билигин да ыытыллар. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн кини кандидатуратын 46 дьокутаат өйөөтө, 10 «утарда», икки парламентарий куоластыыртан туттунна.