Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэригэр-туомугар кытынна.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ парламенын бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускай куорат салайааччылара, Дьокуускай Дууматын дьокутааттара, бэтэрээннэр, эдэр ыччат, волонтердар түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
«Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэни төрүттэспит дьоммутун ахтан-санаан ааһар, дириҥ махталбытын тириэрдэр күммүт. Өрөспүүбүлүкэ судургута суох кэмнэргэ сайдыбыта, ол иһигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, ол кэннинээҕи сылларга. 90-с сылларга биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев салайыытынан өрөспүүбүлүкэ иннин диэки хардыылаабыта. Билигин аан дойду үрдүнэн ыарахан балаһыанньа да үөскээтэр, биһиги эрэллээхтик иннибит диэки хардыылыыбыт», — диэн Айсен Николаев үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар эттэ.
Былатыан Ойуунускай Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит дьоммутуттан биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэбитин салайбыт, сэбиэскэй литератураны төрүттээбит, саха үгэһин, олоҥхотун үйэтиппит киһинэн буолар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков эҕэрдэ тылыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһа норуот сомоҕолоһуутугар, нэһилиэнньэтин ахсаана элбээһинигэр төһүү күүһүнэн буолбутун эттэ, суруйда «Саха сирэ» сайт.