22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Борокуратуура уорганнара хамнаска иэһи төлөттөрөллөр

11:55, 14 апреля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кириисиһи сылтах оҥостон биитэр харчыны атын сыалга туттан эбэтэр чахчы төлүүр кыаҕа суох буолан, хамнаһы кэмигэр биэрбэт тэрилтэ ахсаана элбэх. Бу үлэһиттэр бырааптарын кэһии буоларынан, хамнаска иэһи төлөттөрүү — борокуратуура уорганнарын сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ.


Маныаха ити хайысханан борокуратуура бэрэбиэркэтэ суруктарга, үҥсүүлэргэ эрэ буолбакка, сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэргэ тахсыбыт матырыйаалларга эмиэ олоҕуран ыытыллар. Ол курдук, Орто Халыма улууһун борокуратуурата “Халыма долгуннара” диэн олохтоох хаһыакка бэчээттэммит иһитиннэриини бэрэбиэркэлээбит.

Бэрэбиэркэ Өлөөкө-Күөлгэ сылгы собуота 83 үлэһитигэр 4,6 мөл. солк тахса иэстээҕин быһаарбыт. Бу иэс тэрилтэ бары харчытын кредитордар атын ирдэбиллэрин толорууга, оборудование атыылаһарга туттубутуттан үөскээбит. Улуус борокуратуурата бэрэбиэркэ матырыйаалларын силиэстийэ уорганнарыгар ыыппыт. Кулун тутар 30 күнүгэр РФ СК Саха сиринээҕи управлениетын Халыматааҕы салаата РФ Холуобунай кодексатын 145.1 ыст. 2-с чааһынан холуобунай дьыала тэрийбит. Ол эбэтэр, тэрилтэ салайааччыта ымсыы санаатыттан эбэтэр тус интэриэһиттэн сылтаан икки ыйдааҕы хамнаһы толору төлөөбөтөҕүн иһин диэн.

Оттон Алданнааҕы борокуратуура «Еловское трансстрой», «Алданский лесоперерабатывающий комбинат», «Алданское строительное предприятие» диэн тэрилтэлэргэ хамнаһы кэмигэр төлөөбөттөрүн быһаарбыт. «Еловское Трансстрой» диэн тэрилтэ үлэһиттэригэр ааспыт сыл атырдьах ыйыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 24.379.426 солк. төлөөбөккө сылдьар эбит, «Алданское строительное предприятие» — 2015 сыл сэтинньититтэн бу сыл олунньу ыйыгар диэри иэһэ 635.240 солк. Онтон «Алданский лесоперерабатывающий комбинат» — 3.948.920 солк. Борокуратуура бу иэстэри төлөттөрөр туһунан ирдэбил-сайабылыанньалары суут көрүүтүгэр ыыппыт, суут ону өйөөбүт.

Маны сэргэ, Алданнааҕы борокуратуура бу тэрилтэлэр салайааччыларыгар үлэ сокуонун кэһиини туораталларыгар уонна хамнаска иэһи суһаллык төлүүллэригэр модьуйар суруктары ыыппыт. Маны таһынан, бу ааттаммыт тэрилтэлэр салайааччыларыгар РФ Административнай кодексатын 5.27-с ыст. 4-с чааһынан дьыалалар тэриллэн, суукка көрүллэн, ыстараап төлүүргэ ууруллубуттар.
Борокуратуура бу курдук миэрэлэри ылбытын түмүгэр, «Еловское Трансстрой» 15.829.456 солк., «Алданское строительное предприятие» 487.059 солк., «Алданский лесоперерабатывающий комбинат» 2. 982.196 солк. иэстэрин төлөөбүттэр.

Оттон Чурапчыга “Мындаҕаайы” тыа хаһаайыстыбатын кооператива бу сыл тохсунньу 1 күнүгэр 31 үлэһитигэр иэһэ 945.971 солк. эбит. Чурапчы улууһун борокуратуурата бу кооператив салайааччытыгар уонна иэстээх тэрилтэҕэ икки административнай дьыала тэрийэн, олунньу ыйга ыстарааптаммыттар. Кулун тутарга ити тэрилтэ 1.268.282 солк. диэри эмиэ иэстэммитин быһааран, борокуратуура РФ Административнай кодексатын 5.27-ыст. 4-с чааһынан, ол эбэтэр, үлэ сокуонун хаттаан кэһии баарынан, эмиэ дьыалалары тэрийбит. Билигин бу дьыалалар мировой суут көрүүтүгэр барбыттар. Улуус борокуратуурата орооһон, муус устар 7 күнүгэр бу кооператив үлэһиттэригэр хамнаска иэһэ толору төлөммүт.

Онон, өскөтүн ыйы-ыйынан хамнаскытын биэрбэт түгэннэригэр, эһиги быраапкытын борокуратуура уорганнара көмүскүөхтэрэ. Онуоха бэйэҕит кэмчиэрийбитэ буолан, тугу да хамсаммакка, саҥата суох олорумаҥ. Быраапкытын туруулаһыҥ!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА