Кулун тутар 30 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ Дьокуускай куораттан Улуу Кыайыы тэрээһиннэрин өйүүр сыаллаах «Победа» тэрилтэ бэтэрээннэрэ ыалдьыттаатылар.
Көрсүһүү кыттыылаахтара Аллараа Бэстээххэ тутулла турар тимир суолун ыстаансыйатыгар сырыттылар, Кыайыы 70 сылыгар тутуллубут искибиэргэ сылдьан дьоруойбут Ф.К.Попов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөлөрүн уурдулар. Искибиэр олус кыраһыабай айылҕалаах сиргэ тутуллубут эбит диэн сөхтүлэр-махтайдылар. Ол кэнниттэн Олоҥхо дьиэтигэр сылдьан сахалыы алгыс ыллылар, кымыһынан күндүлэннилэр, бэртээхэй кэнсиэри көрдүлэр. Ыалдьыттары улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Иван Птицын, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова уонна дьиэ кэргэн управлениетын отделын салайааччыта Ирина Назарова арыаллаатылар.
Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар техникумун устудьуоннарыгар Дьокуускайдааҕы «Победа» тэрилтэ салайааччыта Галина Лебедева, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, фронтовик, поэт, суруналыыс Петр Конкин, «Забота-Арчы» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Николай Петров уонна Афган сэриитин бэтэрээнэ Усементай Алексеев дойдуга бэриниилээх буолуу, патриоттуу тыыны иҥэринии уруогун ыыттылар, бэйэлэрин тус олохторуттан интэриэһинэй түгэннэри кэпсээтилэр уонна дойду, норуот устуоруйатын билэ-үөрэтэ сылдьалларыгар сүбэлээтилэр, сэрии туһунан айымньылары ааҕарга ыҥырдылар, бибилэтиэкэҕэ анаан кинигэлэри бэлэхтээтилэр. Бу күн техникум көрүдүөрүгэр баталист-худуоһунньук, генерал‒мойуор Виктор Куценко дьалхааннаах сэрии тиэмэтигэр үлэлэрэ көрдөрүүгэ туруорулуннулар.