Дьокуускайга сайын кэлээтин кытта «баттах кырыйааччы» элбээтэ. Хомурдуос киин куорат уулуссаларынан көтө сылдьан, дьону куттуур.
Бу үөн тоҕо элбээтэ, ытырара кутталлаах дуо, хайдах харыстаныахха сөбүй? Ол туһунан ЯСИА-ҕа «Якутия» технопаарка биотехнологияҕа лабораториятын сүрүннүүр эксперэ Евгений Попов кэпсээтэ.
«Баттах кырыйааччылар» тоҕо наһаа элбээтилэр?
— «Волосогрызкалар» — элбэх буолан үөскүүллэр, научнай ааттара «усачи» эбэтэр «дровосеки». Сүрүннээн маһынан аһыыллар, сымыыттара хас да сылы быһа маска иҥэн олорор. Ордук харыйаны, бэһи уонна хатыҥы сөбүлүүллэр.