Балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи бэлиэтинэн, Бикипиэдьийэ суруйарынан, байыаннай оонньууру суох гынар күн. Аан дойдуга 1988 сыллаахтан Тулаайах уонна төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго көмөлөһөр ассоциация көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр. Дюшенн миодистрофиятын туһунан кэпсээһин күнэ. Бу генетика ыарыытынан уолаттар эрэ ыалдьаллар, икки-үс саастарыгар биллэн барар, охто сылдьар буолаллар, сыыйа тайахтаах хаамар, онтон хаампат буолаллар. Сөпкө эмтэннэҕинэ өр олоруохтарын сөп.
- Австралия — Сүтэн эрэр кыыл-сүөл көрүҥнэрин күннэрэ
- Бразилия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Португалияттан, 1822)
- Мозамбик — Кыайыы күнэ
- Украина — Байыаннай разведка күнэ
- Фиджи — Конституция күнэ
Түбэлтэлэр
- 1191 — Ричард I баһылыктаах крестоносецтар Саладин сэриитин Арсуф аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар.
- 1654 — Бразилияттан үүрүллүбүт дьэбириэйдэр Саҥа Амстердаамҥа (билигин Нью-Йорк) олохсуйан барбыттар.
- 1763 — Англия хоруола Георг III Канааданы иччилииргэ ыҥырыы таһаарбыт.
- 1776 — Подводнай лодка бастакы атааката: американецтар «Чараппаахы» диэн ааттаах подлодкалара Нью-Йорк аттыгар дьаакырга турар Британия «Хотой» диэн флагман хараабылыгар чаһыылаах миинэ туруора сатаабыт.
- 1792 — запорожецтар Тамань тумул арыыга аалларынан устан олохсуйа кэлбиттэр. Икки сыл иһигэр Захарий Чепега атамааннаах 25 тыһыынча хаһаак олохсуйбут, 40 станица олохтообут, киин сэлиэнньэлэрин Екатеринодар диэн ааттаабыттар.
- 1812 — Бородино кыргыһыытыгар Москубаҕа кимэн киирэн иһэр Франция аармыйата уонна Арассыыйа аармыйата күөн көрсүспүттэр. Манна икки өттүттэн 250 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт, онтон 50 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүт. Кыргыһыы чопчу түмүгэ суох буолбут. Бу аан дойду устуоруйатыгар биир күннээх кыргыһыылартан саамай улаханнара.
- 1822 — Бразилия Португалияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1851 — Саха уобалаһыгар аан бастакы губернатор, дьиҥнээх статскай сүбэһит, кавалер Константин Григорьев анаммыт. «Об управлении Якутской областью» Саха уобалаһын Иркутскай уобалаһыттан араарар балаһыанньа бу сыл от ыйын 11 күнүгэр бигэргэтиллибит. Онон Саха сирэ губерния бырааптаах туспа уобалас быһыытынан тохсунньу 1, 1852 (ахсынньы 20 1851) сыллаахха буолбут.
- 1902 — Дьокуускайга реальнай училищеҕа бастакы революционнай куруһуок үөскээбитинэн ааҕыллар. Куруһуогу Н. Родионов диэн Өлүөхүмэттэн сылдьар 6-с кылаас үөрэнээччитэ тэрийбит. Салайааччынан Игорь Будилович диэн көскө ыытыллыбыт Москубатааҕы университет устудьуона буолбут.
- 1923 — Дойдулар ардыларынааҕы холуобунай полиция организацията — Интерпол — тэриллибит.
- 1928 — «Алданский рабочий» хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1533 — Харалыаба Элизабет I — Англия, Ирландия Харалыабата. Кини кэмэ культураҕа, атыыга уонна атын дойдуну арыйыыга олус ситиһиилээх этэ. Тюдор династиятыттан бүтэһик.
- 1908 — Семен Сюльскай — Саха АССР Үөрэҕирии наркома (1937-41 сылларга) уонна миниистирэ (1946 сыллаахтан).
- 1912 — Николай Слепцов (Туобулаахап) — суруйааччы, драматург, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1922 — Семен Жирков — РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ салайааччыта, тэрийээччитэ. Өр сылларга колхоз бэрэссэдээтэлинэн, ол кэннэ Таатта улууһун Петр Алексеев аатынан сопхуос салайааччытынан, Агрофирма Сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Таатта, Кэбээйи улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо.
- 1925 — Анисим Прокопьев — ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара, муосчут. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1933 — Иннокентий Говоров — Чурапчы көhүүтүн кыттыылааҕа, Арассыыйа тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Бочуоттаах гражданина, «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иhин» II истиэпэннээх уордьан мэтээлин кавалера, үлэ, тыыл бэтэрээнэ.
- 1950 — Эльвира Федосова — СӨ култууратын үөтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна.
- 1973 — Варвара Аманатова — ырыаһыт, СӨ үтүөлээх артыыһа.
- 1979 — Гаврил Колесов — дуобатчыт, 64 харахтаах дуобакка норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах гроссмейстер, аан дойду сэттэ төгүллээх чемпиона — Самарканд 1996 (нууч.), Минскай 1997 (нууч.), Одесса 2000 (нууч.), Сан-Паулу 2002 (браз.), Мирнэй 2004 (нууч.), Дьокуускай 2006 (нууч.), Лилль 2012 (браз.). Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
Өлбүттэр
- 1993 — Софрон Данилов (1922 төр.) — Саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэл, РФ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 2018 — Александр Силин — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха Сирин уһун үйэлээх олохтооҕо.