22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүүгэ бэтэрээннэрин чиэстээһиҥҥэ улахан болҕомтону уураллар

11:57, 15 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ” диэн түөскэ анньыллар бэлиэ (знак) олохтонно, ол туһунан быһаарыныыны улуустааҕы Бэтэрээн сэбиэтин Президиумун мунньаҕа ылыннылар.

“Бэтэрээн эрэ барыта наҕараадаҕа тиксибэт. Үйэлэрин тухары общественнай үлэҕэ, ыччаты иитиигэ, “нэһилиэгим уонна улууһум туһа” диэн умса-төннө түһэн үлэлээбит олус элбэх бэтэрээн кылаата ситэ сыаналаммакка сылдьара сымыйа буолбатах. Итинник дьону наҕараадалыырга Президиум мунньаҕа бу анал бэлиэни (знагы) олохтуурга быһаарда», — диэн кэпсээтилэр СИА-ҕа улуус дьаһалтатыгар.

Бу наҕараадаҕа мэктиэни нэһилиэктэр, Бүлүү куорат дьаһалталара, бэтэрээннэр сэбиэттэрин Президиумнара уонна тэрилтэлэр түһэриэхтээхтэр. Ону дьүүллэһэн баран, улуустааҕы сэбиэт Президиумун уурааҕа тахсыахтаах. Бэлиэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллар буолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА