23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бүгүн Дьокуускайга “Олоҥхо дойдутун прессата-2018” бэстибээл саҕаланна

14:20, 21 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 21-23 күннэригэр Дьокуускайга “Олоҥхо дойдутун прессата- 2018” бэстибээл V төгүлүн ыытыллыаҕа. Тэрээһини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруналыыстарын сойууһа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сибээскэ уонна информационнай технологияҕа министиэристибэтэ иилээн-саҕалаан тэрийэллэр. Бэстибээл чэрчитинэн араас семинардар, «төгүрүк остуоллар», дьыалабыай кэпсэтиилэр, быыстапкалар, испэктээктэр, күрэхтэһиилэр уонна да атын элбэх сэргэх тэрээһиннэр ыытыллыахтара.


Кулун тутар 21 күнүгэр бэстибээл үөрүүлээх арыллыыта буолла. Ол кэннэ Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун сэкирэтээрэ Владимир Касютин “Бастыҥ хаһыаттар уопуттара” диэн семинары ыытта. “Улуустар хаһыаттарын туруга уонна инникитэ” диэн “төгүрүк остуол” Саха Өрөспүүбүлүкэтин сибээскэ уонна информационнай технологияҕа миниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильев салалтатынан ааһар. Хаһыаты сурутуу уонна аадырыска тиэрдии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэчээти уонна сонуну маассабайдык тарҕатар эйгэтин дьаһайар департамент салайааччыта Николай Молчанов кэпсиир. Бэстибээл кыттыылаахтара эбиэттэн киэһэ быыстапкаларга уонна “Наара суох” испэктээккэ сылдьан сэргэхсийиэхтэрэ.

Кулун тутар 22 күнүгэр эдэр суруналыыстары кытта М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет суруналыыстыкаҕа кафедратын салайааччы Олег Сидоров көрсүөҕэ. Маны таһынан,  “Суруналыыстыка уонна блогерство” диэн дискуссиялыыр былаһаакка үлэлиэҕэ. “Модун” спорт киинигэр суруналыыстар мас тардыһыытыгар  күрэхтэһэн, бэйэлэрин истэригэр бастыҥы быһаарыахтара. Киэһэлик “Сахафильм” хампаанньа “Костер на ветру” киинэни суруналыыстарга көрдөрүөҕэ.

Кулун тутар 23 күнүгэр бэстибээл түмүктэниэҕэ. Бу күн сарсыарда 9.30 чааска Бэчээт Дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын  XXI кэмпириэнсийэтэ ыытыллыаҕа. Маны таһынан, киэһээ 16.00 чаастан “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр X үбүлүөйдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” куонкурус буолуоҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын V төгүлүн ыытыллар “Олоҥхо дойдутун прессата — 2018” бэстибээлгэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар