23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Азия оҕолоро": Соҕуруу Корея спортсменнара остуол тенниһигэр тэҥнээхтэрин булбатылар

10:51, 12 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Остуол тенниһигэр Соҕуруу Корея хамаандата араас категорияларга кыайыы көтөллөннө.


Күрэхтэһиигэ уопсайа 16 дойдуттан 52 спортсмен кытынна.

«Төһө да утарсааччыларбыт күүстээх буолбуттарын иһин, ситиһии биһигинниин буолла. Оҕолор бары кыайар эрэ санаалаах кэлбиттэрэ уонна туруоруммут соруктарын ситистилэр. Күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Хомойуох иһин, дьарыктан ордон куораты кытта билсибэтибит. Кыайыы кэнниттэн култуурунай бырагырааманы көрүөхпүт», — диэн СИА-ҕа Соҕуруу Корея сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Ким Сангхак Чон Догвон СИА-ҕа кэпсээтэ.

14 саастаах Хенгю Ву соҕотох разрядка бастаата. «Финал чэпчэкитэ суох этэ. Мин доҕорбун Чо Дэсунг утары оонньоотум. Кини чаҕылхай спортсменын бэлиэтиэх этим. Билигин сынньаныахпыт: куораты уонна олохтоохтору кытта билсиэхпит», — диэн СИА-ҕа кыайыылаах эттэ.

Уолаттарга соҕотох күрэхтэһиигэ:

1 миэстэ – Хенгю Ву (Соҕуруу Корея);

2 миэстэ — Чо Дэйсунг (Соҕуруу Корея);

3 миэстэ – Йенг Нинг Ричард (Гонконг, Кытай).

Кыргыттарга:

1 миэстэ – Чой Хэюн (Соҕуруу Корея);

2 миэстэ – Рью Ханна (Соҕуруу Корея);

3 миэстэ – Вонг Чинг Йау (Гонконг, Кытай).

Пааранан күрэхтэһии:

1 миэстэ и 2 миэстэ – Соҕуруу Корея сүүмэрдэммит хамаандата;

3 миэстэ –Гонконг сүүмэрдэммит хамаандата (Кытай).

Кыргыттарга:

1 миэстэ – Соҕуруу Корея сүүмэрдэммит хамаандата;

2 миэстэ –Гонконг сүүмэрдэммит хамаандата (Кытай);

3 миэстэ – КНР сүүмэрдэммит хамаандата.

Уолаттарга:

1 миэстэ – Соҕуруу Корея сүүмэрдэммит хамаандата;

2 миэстэ – Гонконг (Кытай) сүүмэрдэммит хамаандата;

3 миэстэ – КНР сүүмэрдэммит хамаандата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар