2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

«Азия оҕолоро» IX оонньуулара ханнык куоракка ыытыллара сыл бүтэһигэр биллиэҕэ

17:34, 26 июня 2023
Текст:
Фото: Архив ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» IX норуоттар ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары ыытыыга хас да регион уонна дойду бэйэтин баҕатын биллэрэр. Саха сирин бастакы президиэнэ Михаил Николаев көҕүлээбит бырайыага үгүс интэриэһи ылар, суруйар СИА.

«2028 сылга ыытыллыахтаах IX оонньуулар ыытыллар сирдэрэ быһаарыллар. Бу сыл бүтүөр диэри чуолкайданыаҕа дии саныыбын. Кандидаттар элбэхтэр, ол иһигэр Россия регионнара уонна Азия дойдулара. Сыл бүтүүтэ түмүктүөхпүт», — диэтэ оонньуулар кэмитиэттэрин президиэнэ Владимир Максимов пресс-конференцияҕа.

Кыһыҥҥы III оонньуулар буолар сирдэрин эһиил быһаараллар. Бу оонньуулары икки сыл арыттаах ыытыыга этии киирдэ. Азия дойдулара спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр интэриэстээхтэрин кытта бу сибээстээх. Сайыҥҥы оонньуулар уруккуларынан хаалаллар — түөрт сыл арыттаах.

Санаттахха, 2024 сылга VIII сайыҥҥы оонньуулар Дьокуускайга буолаллар. Өрөгөйдөөх арыллыыта бэс ыйын 29 күнүгэр былааннанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА