22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылын миниистирэ: Саха сирэ медицинаҕа сүҥкэҥ суолталаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин медицината сүрэх-тымыр ыарыыларынан эмтиир кыаҕа улахан. Онуоха, үрдүк технологиянан хааччыллыылаах сүрэх-тымыр киинэ тутуллубута улахан суолталаах, манна бастыҥ көрдөрүүлээх быраастар көмө оҥоруохтара. Ол туһунан Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

Бүгүн Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр, үөрүүлээх быһыыга- бүтүн Уһук Илин уокурукка суох үрдүк технологиялаах сүрэх-тымыр киинэ арылынна.

Дойду Доруобуйа харыстабылын миниистирэ нацбырайыактар Владимир Путин көҕүлээһининэн оҥоһуллалларын санатта, ол иһигэр кардиологическай, онкологическай хайысхалары элбэхтик хабалларын бэлиэтээтэ. Билигин эмиэ бастакы медико санитарнай көмөнү саҥардааһын күүскэ барар.

«Бүгүн кардиологическай киини арыйан баран, улахан кыахтааҕын көрдүбүт. Бастатан туран, манна үрдүк технологиялаах көмө көрүҥнэрин оҥоруохтара. Киин үлэһиттэрэ үрдүк таһымнаахтар, көмө оҥорорго бэлэмнэр. Арыйыыга сүрдээх эппиэтинэстээхтик кэллибит», — диэтэ Михаил Мурашко.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар