22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһун ыаллара моонньоҕон, черемуха уонна яблоня олордоллор

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл Амма улууһугар Дьиэ кэргэн экономикатын сыла биллэриллибитэ. Улуус дьаһалтата онно анаммыт сыллааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн М.Г. Сафронов аатынан ЯНИИСХ-ны кытта дуогабардаһан, Саха сирин айылҕатыгар анаан оҥоһуллубут моонньоҕону, черемуханы уонна яблоняны ылан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатар үлэни тэрийдэ.


Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иннокентий Климентов иһитиннэрбитинэн, уктары тиэйии-таһыы ороскуотун салалта бэйэтэ уйунар. “Суол арылынна да уктары аҕалыахпыт уонна нэһилиэктэргэ тириэрдиэхпит. Нэһилиэнньэ интэриэстээх, үүннэрэргэ баҕалаах”, — диэн иһитиннэрдэ кини.

Барыта тиэллэн тиийиэхтээх: 4 суорт 800 моонньоҕон уга, черемуха 35 ук, яблоня 40 ук, акация 5 ук.

Амма сирэ быйаҥнаах. Онон ыаллар бэйэлэрин тиэргэннэригэр битэмииннээх отоннору үүннэрэн, күннээҕи астарыгар туттуохтара, атыылаан дохуот да киллэриниэхтэрин сөп.
Тыа сиригэр дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга салалта тэрээһинэ атыттарга холобур буолуон сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА