22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

АЛРОСА 16 миллиард кэриҥэ сууманы өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар бюджеттарыгар киллэриэҕэ

18:54, 13 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

АЛРОСА Кэтээн көрөр сэбиэтэ хампаанньа 2019 сыллааҕы үлэтин түмүктэринэн, 47,65 миллиарды, төһө кыалларынан улахан сууманы, дивиденнэри төлүүргэ ыытарга этии киллэрдэ. АЛРОСА Кэтээн көрөр сэбиэтин састаабыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ биэс бэрэстэбиитэлэ киирэллэр. Бу үптэн үс гыммыт биирэ Саха сирин уонна АЛРОСА аахсыйатын бас билээччи аҕыс улуус бүддьүөттэригэр бэриллиэҕэ. Өссө итиччэ суума федеральнай бүддьүөккэ киириэҕэ.


Алмаас аан дойдутааҕы ырыынагар барытыгар ааспыт сыл төһө да уустугун иһин, АЛРОСА сылы үпкэ-харчыга үчүгэй түмүктээх туорууру ситистэ. Дивиденнэри ааҕарга олоҕурар көрдөрүү, ол эбэтэр “харчы көҥүл халҕаһата” диэн ааттанааччы, 47,65 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ. АЛРОСА дивидеҥҥэ бэлиитикэтин быһыытынан, иэс ноҕурууската кыра буоллаҕына, аахсыйалаахтарга дивиденнэри төлүүргэ ити сууматтан 70-100 бырыһыанын ыытыахха сөп. Ыам ыйын 6 күнүгэр буолбут мунньахха хампаанньа Кэтээн көрөр сэбиэтэ төһө кыалларынан улахан сууманы – 47,65 миллиарды эбэтэр аахсыйа иһин 6,47 солкуобайы  төлүүргэ этии киллэрбитэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэ алмаастаах хампаанньа аахсыйаларын 25 бырыһыанын бас билэр. Өссө 8% хампаанньа  бэйэтин үлэтин ыытар улуустарын дьаһалталарын бас билиитигэр  баар. Ол курдук, АЛРОСА 2019 сыллаах үлэтин түмүктэринэн, өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар бүддьүөттэригэр, дивиденд быһыытынан, 15,7 миллиард солкуобай  үп кинилэргэ түһүөҕэ.

“”АЛРОСА” бу салааҕа үөскээбит судургута суох кэмнэргэ бэйэтин аахсыйалаахтарын итэҕэллэрин үрдүктүк сыаналыыр. Хампаанньа Кэтээн көрөр сэбиэтэ, дивиденнэр бигэргэтиллибит бэлиитикэлэригэр сөп түбэһэн уонна хампаанньа бары аахсыйалаахтарын интэриэстэрин учуоттаан,  2019 сыл түмүктэринэн дивиденнэри төлүүргэ эттэ. Үпкэ толкуйдаммыт бэлиитикэ, көдьүүстээх буолууга уонна хампаанньа өр кэмнээх үлэтин торумнааһыҥҥа туһуланыы — аахсыйалаахтар интэриэстэрин учуоттаан хааччыйарга итиэннэ биисинэс үпкэ туруктаах буолуутун оннунан хаалларарга көмөлөһөллөр”, – диэтэ АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов.

Дивиденнэргэ түмүктээх быһаарыыны хампаанньа аахсыйаларын бас билээччилэр уопсай мунньахтара бэс ыйын бүтүүтүгэр бигэргэтиэҕэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, АЛРОСА дивидеҥҥэ уонна нолуокка төлөбүрдэрэ – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн толорор сүрүн төрүөттэртэн биирдэстэрэ. Былырыын кинилэр өлүүлэригэр өрөспүүбүлүкэ дохуотун 40-тан тахса бырыһыана тиксибитэ. Оттон хампаанньа федеральнай бүддьүөккэ уонна эрэгийиэннэр бүддьүөттэригэр нолуок уонна дивиденд быһыытынан киллэрбит уопсай кылаата 100 миллиарды аһарбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар