СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар от ыйын 3 күнүгэр биирдиилээн дьоннорго материальнай көмө уонна социальнай контракт быһыытынан көрүллэр социальнай өйөбүл туһунан уураах бырайыага дьүүллэһилиннэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ миниистирэ Александр Михеев СИА-ҕа кэпсээтэ.
Социальнай контрактары биэрии бэрээдэгэр уонна Ил Дархан муус устардааҕы ыйааҕын олоххо киллэриигэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара кыттыыны ылыыларыгар тустаах уурааҕынан уларытыылар киллэриллиэхтэрэ.
«Аадырыстаах көмө наһаа наадыйааччыга эрэ оҥоһуллуо. Критерий испииһэгэ муниципалитеттарга тириэрдиллиэ. Судаарыстыбаннай бюджеттан бу сыалга 40 мөл.солк. тыырыллара былааннанар. Биир нэһилиэнньэлээх пууҥҥа саамай кырата 30 тыһ.солк. көрүллүө«, — диэтэ Александр Михеев.
Бүгүҥҥүттэн дьаһалталар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ аадырыстаах көмөнү биэрии туһунан быһаарыы ылан барыахтара. Биир киһиэхэ бэриллэр көмө — тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр толору эбэтэр аҥарыгар тэҥ буолуо. Санатар эбит буоллахха, ити суума 2017 сыл бастакы кыбаарталыгар 17388 солк.