22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айаал Лазаревка уонна Сардаана Трофимоваҕа мөлүйүөн сому кытта массыына бэлэхтээтилэр

09:58, 14 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Парижтааҕы Олимпиадаҕа кыттыыларын иһин тустуук Айаал Лазаревка уонна сүүрүүк Сардаана Трофимоваҕа Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин салалтата 1-дии мөлүйүөн сому уонна массыына туттарда. Бу туһунан «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.

Бэҕэһээ Бишкеккэ Олимпиада кыттыылаахтарын уонна призердарын чиэстээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ Садыр Жапаров олимпиецтарга барыларыгар харчынан бириэмийэни кытта массыыналары туттартаата.

Ол курдук, үрүҥ көмүс мэтээллэри ылбыт спортсменнарга 10-нуу мөлүйүөн сому уонна Kia EV9 массыынаны, боруонса призердарга 7-лии мөлүйүөн сому уонна Kia EV6 массыынаны, оттон кыттааччыларга барыларыгар 1-дии мөлүйүөн сому уонна Chevrolet Tracker массыынаны бэлэх туттарда.

Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн Олимпиадаҕа 16 спортсмен кыттыбыта, онтон икки спортсмен үрүҥ көмүс мэтээли, түөрт спортсмен боруонса мэтээли ылары ситиспиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА